Чурапчы улууһугар бастакы көҕөҥҥө – дьааһыгынан ботуруон!
Бу туһунан, Чурапчы улууһун Аҕа баһылыгын Саргыдаев бүгүҥҥү о.э. муус устар 15 күнүнээҕи 829 нүөмэрдээх дьаһала таҕыста. Степан Анатольевич өссө ааспыт сырыыга, “Байанай күрэҕин” улуустааҕы түһүмэҕин арыллыытыгар: “Бастакы көҕөнү бултаабыт булчукка – биир дьааһык ботуруон туттарыахпыт”, — диэн биллэрэн турардаах.